12:32 Үлэттэн дьоллонуу | |
1961 сыл саас. Оччотооҕу кэм комсомол, коммунист, партия ирдэбилинэн биhиги эбээлэрбит, эhээлэрбит үөрэ-көтө үлэ ыараханын, элбэҕин үлэлииллэрэ. Ол саҕана ферма үлэтэ барыта илии үлэтэ этэ: саах таhаарыы, хотон күрдьүү, от киллэрии, хотон сыбааhына, сүөhугэ эбии ас бэлэмнээhин, илиинэн ыаhын, ньирэй аhатыы. Бу хаартыска5а 1961 сыллаа5ы бириэмэ көстөр. Дьыл кэмэ-саас. Хаартыска геройдара – Федоров Михаил Николаевич-мин эhэм, уонна Габышева Евдокия Ивановна. Кинилэр Агитатор диэн сиргэ «Маар» ферматын аттыгар тураллар. Саах сыбахтаах, ынах тириитинэн буруллубут ааннаах улахан ферма көстөр. Хаартыска геройдара, суурбэлэрин ааспыт эдэркээн дьон улэттэн дьолломмут сирэйдээхтэр. Эhэм, Федоров Михаил Николаевич колхозка, совхозка араас улэни үлэлээбитэ: ньирэй көрөөччу, ыанньыксыт, сылгыhыт, атыыhыт. Кини ханнык ба5арар улэ5э утуе суобастаахтык, ситиhиилээхтик улэлээбитин хай5ал суруктара, грамоталара туоhулууллар. Эhэм Михаил Николаевич сэттэ о5ону теретен, атахтарыгар туруоран, улэhит дьон онортообута. Кини улэhит эрэ буолбатах эбит. Улуу Зверев ансаамбылыгар киирэн Москва куоракка аатырбыт «Оhуор ункуутун» ункуулээбитэ. Маны таhынан концертарга баянныыра уhу. Иллэн кэмигэр бултуурун себулуурэ. Кини 63 сааьыгар ыарахан ыарыыттан бу олохтон туораабыта. Габышева Евдокия Ивановна бороон керееччунэн ер сылларга ситиhиилээхтик улэлээбит. Евдокия Ивановна герой-ийэ, ситиьиилээх улэьит. Бу икки улэhит дьон мин тереебут дойдум-Аллынам сайдарыгар,кэнииригэр элбэх сыраларын биэрбиттэригэр, куустэрин-уохтарын харыстаабакка улэлээбиттэригэр махтанабын, маннык улэhит дьоннорунан киэн туттабын. Кинилэри утуе холобур оностобун. Билигин бу хаартыска геройдарын о5олоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ Аллынаны сайыннарабыт, туругурдабыт. Улэhит дьон аата хаhан да умнуллубатын! Федорова Айыына, 10 класс | |
|
Всего комментариев: 0 | |