Главная » 2018 » Ноябрь » 19 » Былыргы хаартыскалар
12:23
Былыргы хаартыскалар

Былыргы хаатыскалар урут олорон ааспыт дьоннор олохторун санаталлар, кэп--сииллэр. Ким эрэ умнубатыннар диэн бэйэтин хаартыскаларын бэлэхтиир, эбэтэр умнул-лубат бэлиэ тугэннэрин туьэрэн хаалларар. Билицци кэмцэ хаартыскалары улаханнык бэчээттээн уурумматтар, араас аныгы техника малларыгар харайаллар.

Мин эбээм Иванова Мария Васильевна, 1930 сыллаахха тереебутэ. Кини сэрии сыл-ларыгар о5о сааьа ааспыта. Дьоно син сэниэ ыал буоланнар ахсыс кылааьы уерэнэн бутэр-битэ. Онтон салгыы Якутскайга ветеринарнай фельдшер уерэ5эр уерэммит. Ол са5ана уерэхтээх киьи ахсыылаах этэ. Эбээм уерэхтээх буолан элбэ5и билэр-керер эбит. Аа5арын олус себулуур, элбэх литератураны аахпыт. Ордук революция са5анаа5ы кэмнэри интэ-риэьиргиирэ уьу. Кини таайдара Георгий Сергеев - А5а дойду улуу сэриитин кыттыылаа5а уонна быраата Николай Сергеев – суруйааччы, эмиэ уерэхтээх дьоннор эбиттэр. Кинилэр былыргы кэмнээ5и хаартыскалары хаттаан туьэрэр дьарыктаахтар эбит.

Ол мунньубут хаартыскаларын мин эбээбэр бэлэхтээбиттэр. Ону дьоммут альбомнарыгар харайыллан сылдьалларын булан, интэриэьиргээн соро5ун уктум. Манна уксэ граждан-скай сэрии са5анаа5ы биллэр-кестер дьоннор хаартыскалара бааллар.

Ол курдук олорон ааспыт улус кулубалара. Урут Сунтаар улууьа икки ацыы арах-сар этэ. Сунтаар уонна Хочо диэн арахсаллар эбит. Хаартыска5а бааллар:

- Попов Алексей Ильич «Елуескэ» кулуба диэн ааттаах. 1897 сыллаахха елбут, Хочо улууьун кулубата;

- Попов Ипатий Яковлевич- идэтинэн учуутал, кэлин Хочо улууьун кулубата буолбут. 1921 сыллаахха елеруллубут. Билигин «Ыппаачый уцуо5а» диэн «Арыылаах» ферматыгар баар;

- Крюков Лука Яковлевич – Хочо улууьун кулубата, уруц штабын начальнига буола сыл-дьыбыт. 1929 с. тутуллубут уонна теннубэтэх.

Ону таьынан ревоюция са5ана бандьыыттаабыт, саха норуотугар эмиэ биллэр дьоннор хаартыскалара:

- Кырыалап Афанасий Саввич,

-Павлов Петр Трофимович – 1922 с. Сунтаррга бандьыытбаьылыга юуолбут.Былыргы орто уерэхтээх. 1930 с. ахсынньы ый 30 кунугэр 57 сааьыгар елербуттэр;

- Филиппов Георгий Трофимович – 1922 с. уруц штабын суруксута, идэтинэн учуутал. 1929 с. тутуллубут уонна эргиллибэтэх.

Уонна Саха литературатын теруттээбит бастакы суруйааччылар: Анемподист Иванович Софронов, Алексей Елисеевич Кулаковскай, Платон Алексеевич Ойуунускай былыр туспут хаартыскалара хаалбыттар.

Ити курдук урукку историяны, оло5у билэргэ маннык былыргы хаартыскалар баар буоланнар ааспыт кэмнэри санаталлар, умнуллубаттар. Кинилэр ааттара сутэн-ицэн хаалбаттар. Мин мантан элбэ5и биллим, туьанным.

 

 

Суруйда 11 кылаас уерэнээччитэ Тимур Тихонов.

Просмотров: 446 | Добавил: KeRby | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
Имя *:
Email *:
Код *: